Известные якутские писатели

Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон

1906-2005 с.

Саха Республикатын народнай суруйааччыта, драматург, прозаик уонна поэт.



Саха Республикатын народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон 1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Айар улэтин "Хагдарыйбат ньургуһун" хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ "Өлүөнэ өрүс", драмата "Күөх Көппө" эмиэ ити сыл суруллубуттара.

"Сордоох суха", "Аанчык", о.д.а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.

Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө "Күкүр Уус", "Айаал", "Сайсары", "Күн күөрэйиэн иннинэ" драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара. Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы "Ньургун Боотур" оператын уонна "Сир симэҕэ" балетынлибреттоларын ааптара.

Оҕо суруйааччытын быһыытынан "Чөөчө" уонна "Чүөчээски" курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи.

Чөркөөхтөөҕү полит-сыылка музейын тэрийбитэ. Саха сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр "Доҕордоһуу" музейын уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы музейы туттарда.

РСФСР уонна Саха Республикатын искусстволарын үтүөлээх деятелэ, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай аатынан Саха Республикатын госу-дарственнай бириэмийэтин лауреата. Үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, "Бочуот Знага" уордьаннарынан, мэтээллэринэн, ол иһигэр педагогическай наукаҕа үтүөлэрин иһин К.Д.Ушинскай мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Социалистическай Үлэ Геройа.

1938 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ.