Известные якутские писатели

Алексей Елисеевич Кулаковскай

1877-1926 с.

Саха литературатын төрүттээччи.



Саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1877 сыллаахха кулун тутар 16 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини бастакы айымньытын, "Байанай алгыһын" 1900 с. суруйбута. Ити сыл саха суругунан литературатын төрүттэммит сылынан аа5ыллар. Саха бастакы поэта поруот уус-уран айымньытыгар уонна нуучча литературатын демократическай үгэстэригэр тирэ5ирэн, отуттан тахса хоһоону, поэманы айбыта. Олортон «Ойуун түүлэ» поэма (1910 с.) уһулуччу чорбойор.

Айар үлэтин науканы кытары дьүөрэлэһиннэрэн, саха тылын, диалегын, өһүн хоһоонун,үгэһин, сиэрин-туомун, сирин-дойдутун, отун-маһын, хамсыырын-харамайын үөрэтиигэ оло5ун үгүс өттүн анаабыта.

Өр сыллаах айар, чинчийэр үлэтин сэбиэскэй кэмҥэ эрэ бэчээттэтэр дьолломмута. Сана олох сүһүө5эр туруутугар күүһэ тиийэринэн көмөлөспүтэ. Нуучча норуотун культуратын ылынарга ынырара, сахалыы сурук-бичик нуучча алпаабытыгар оло5уруохтаах диирэ. Ол да буоллар кэлин буржуазнай националист диэн баһаа5ырдылла сылдьыбыта.

Баку куоракка буолуохтаах тюркологтар I съезтэригэр кытта баран иһэн, өр кэмтэн аалбытыарыыта бэргээн, Москва5а 1926 с. бэс ыйын 6 күнүгэр өлбүтэ. Онно көмүллүбүтэ.