Научно-исследовательский институт Олонхо

Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктара алгыстаах Амма сиригэр арылынна

НИИ Олонхо · 3 Апреля 2024

Кулун тутар ый 23-31 күннэригэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр научнай институтун «Лингвофольклористика» сиэктэрин салайааччыта, филология билимин кандидата, эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи экспэримиэн бырайыагын V түһүмэҕин толорон, былыргы олоҥхоһуттар курдук, Амма улууһун 14 нэһилиэгин кэрийэн олоҥхолоон кэллэ.

Бырайыак сүрүн сыала – Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ыһыаҕын» ыһар улууска нэһилиэнньэ киэҥ эйгэтин олоҥхо тирэх өйдөбүллэрин (уос аһар ырыа, олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу уратыта, олоҥхону истэ үөрэнии, олоҥхоһуту сэҥээрии, кутурук салайар ырыа, атах соболоҥо) кытта ыкса билиһиннэрии буолар.

Санатар эбит буоллахха, Юрий Петрович инники сылларга бу бырайыагынан 4 улууһу кэрийэн олоҥхолообута: Нам улууһугар 12 нэһилиэккэ (2019); Өлүөхүмэ улууһугар 11 нэһилиэккэ (2020), Үөһээ Бүлүү улууһугар 12 нэһилиэккэ (2022), Өймөкөөн улууһугар 7 нэһилиэккэ.  

Онтон быйыл, бырайыак V түһүмэҕэр, бэйэтин дойдутугар Аммаҕа 14 нэһилиэги хабан, бар дьонун, биир дойдулаахтарын иннигэр «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун толору олоҥхолоото. Ол курдук, быйылгы түһүмэх маннык тосхолунан барда:

1. Кулун тутар 23 күнэ – Лээги нэһилиэгэ (70 истээччи, «Өбүгэ аартыгынан» автопробег кыттыылаахтара).

2. Кулун тутар 25 күнэ – Майскай (20 истээччи) уонна II Чакыр (18 истээччи) нэһилиэктэрэ.

3. Кулун тутар 26 күнэ – Соморсун (53 истээччи) уонна Мээндиги (7 истээччи) нэһилиэктэрэ.

4. Кулун тутар 27 күнэ – Болугур (26 истээччи) уонна Амма-Наахара (32 истээччи) нэһилиэктэрэ.

5. Кулун тутар 28 күнэ – Абаҕа (41 истээччи) уонна Чапчылҕан (21 истээччи) нэһилиэктэрэ.

6. Кулун тутар 29 күнэ – Бөтүҥ (62 истээччи) уонна Амма (25 истээччи) нэһилиэктэрэ.

7. Кулун тутар 30 күнэ – Эмис нэһилиэгэ (15 истээччи).

8. Кулун тутар 31 күнэ – Сатаҕай (30 истээччи) уонна Алтан (39 истээччи) нэһилиэктэрэ.     

Бырайыак ааптара Юрий Борисов түһүмэх түмүгүнэн манныгы бэлиэтиир:

«Амма улууһун дьоно-сэргэтэ, бар дьонум барахсаттар сыа-сым курдук тутан көрүстүлэр. Хас биирдии сылдьыбыт нэһилиэкпэр бэлэмнэнии үлэтэ бөҕө барбыта өтө көстөр.

Ол да буоллар сорох нэһилиэккэ дьон кэлиитэ аҕыйах. Ол мин тус санаабар олоҥхону истии үөрүйэҕэ умнулла быһыытыйбытыттан тахсар. Дьиҥэ, «Аан бастаан олоҥхону иһиттибит, олус интэриэһинэй эбит» диир дьон элбэхтэр этэ. Онон, баҕар кэмниэ кэнэҕэс, хомнуо хойут истии үөрүйэҕэ чөлүгэр түстэҕинэ, олоҥхону истээччи, сэҥээрээччи лаппа эбиллиэн сөп курдук.

Онтон истии үөрүйэҕин билиҥҥи туругун туһунан эттэххэ, тупсуу көстөр. Бырайыак инники түһүмэхтэригэр дьон сылдьыыта аҕыйах этэ. Холобур, 6 сыллааҕыта Нам сорох нэһилиэктэригэр аҕыйах бэйэлэрэ бастаан истэ сатаан баран, аралдьыйан бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэн бараллар этэ, ноолуур киһи суоҕун кэриэтэ этэ. Онно холоотоххо билигин син 1,5-2 чаас устата бэккэ тулуйан истэр буолбуттар. Ол гынан баран, олох тиһэх уһугар диэри быһа баттаабыт быһаҕаһа, хайа баттаабыт аҥаара эрэ тулуйан истэр. Өссө бэккэ түбэһиннэрэн «ноолуур» дьон баар буолбуттар эрээри, саҕаланыытыгар эрэ күүскэ «ноолоон» баран, кэлин кэхтэн, сүтэн-симэлийэн хаалаллар эбит. Онон билигин даҕаны истии култууратын сайыннарарга үгүс үлэ күүтэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, нэһилиэктэр баһылыктара олоҥхону сэҥээрэр буолбуттар. Ол курдук, II Чакыр, Амма-Наахара, Абаҕа, Бөтүҥ, Эмис, Алтан баһылыктара дьоннорун кытта бииргэ кэлэн истибиттэрэ үөрдэр.

Олоҥхоһут киһи элбэхтэ олоҥхолуохтаах эбит. Элбэхтэ олоҥхолоотоххо эрэ киһи тылын баайа кэҥиир, чочуллар, сайдар эбит. Өссө нэһилиэктэн нэһилиэккэ айаннаан иһэн: “Итини арыычча атыннык этиэхпин сөп этэ”, “Ол ону хоһуйууга уһун кэккэлэтэн этиини туһаныахха сөп эбит”, “Ити ырыаны арыычча тупсаран ыллыам хаалбыт” диэн санаалар киирэн кэлэллэр. Аны туран олоҥхо тылын-өһүн оҥоһуута эпическэй формулалар буолан, биир-биир батыһыннара субуллан иһэллэр. Бэйэлэрэ туттуллар анал миэстэлээхтэр. Ол иһин да буолуо, быйылгы сырыыбар Алтан нэһилиэгэр 3 чаас 20 мүнүүтэ олоҥхолоон тус бэйэбэр өрөкүөрт олохтоотум.

Түгэнинэн туһанан, хас биирдии көрсүбүт нэһилиэгим дьонугар-сэргэтигэр, кулууп үлэһиттэригэр, Култуура уонна норуот айымньытын салалтатын салайааччытыгар Иванов Иван Федоровичка, координаторбар Анна Михайловна Кириллинаҕа уонна Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччытыгар Ньургуйаана Ивановна Илларионовҕа барҕа баһаам махталбын биллэрэбин!».

Лээги нэһилиэгэ




Майскай нэһилиэгэ, Покровка сэлиэнньэтэ



II Чакыр нэһилиэгэ



Соморсун, Мээндиги нэһилиэкэтэрэ



Болугур нэһилиэгэ



Амма-Наахара нэһилиэгэ, Өнньүөс сэлиэнньэтэ



Абаҕа нэһилиэгэ



Чапчылҕан нэһилиэгэ



Бөтүҥ нэһилиэгэ



Амма нэһилиэгэ


Эмис нэһилиэгэ


Сатаҕай нэһилиэгэ



Алтан нэһилиэгэ