-
-
221
28.03.2023 15:20:53 - Распечатать
Кулун тутар ый 18 күнүттэн 24 күнүгэр диэри М.К. Аммосов аат. ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун «Лингвофольклористика» сиэктэрин салайааччыта, филология билимин кандидата, эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов былыргы олоҥхоһуттар курдук Өймөкөөн улууһун «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» Өрөспүүбүлүкэтээҕи экспэримиэн бырайыагынан кэрийэн олоҥхолоон кэллэ.
Санатар эбит буоллахха, бырайык сүрүн сыала – Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ыһыаҕын» ыһар улуус нэһилиэнньэтин киэҥ эйгэтин олоҥхо тирэх өйдөбүллэрин (уос аһар ырыа, олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу уратыта, олоҥхону истэ үөрэнии, олоҥхоһуту сэҥээрии, кутурук салайар ырыа, атах соболоҥо) кытта ыкса билиһиннэрии уонна маастар кылаастары ыытыы буолар.
Ол курдук биһиги коллегабыт инники сылларга үс улууһу кэрийэн олоҥхолообута: Нам (2019), Өлүөхүмэ (2020) уонна Үөһээ Бүлүү (2022). Онтон быйыл, бырайыак IV түһүмэҕэр Өймөкөөн улууһун 7 нэһилиэгэр «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотун толору толорон иһитиннэрэн, ону тэҥэ олоҥхону толорууга маастар кылаастары ыытан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын биһирэбилин, бар дьон барҕа махталын ылыан ылла.
1. Кулун тутар 18 күнэ – Томтор нэһилиэгэ – 33 истээччи.
2. Кулун тутар 19 күнэ – Сордоҥноох нэһилиэгэ, Орто-Балаҕан с. – 32 истээччи.
3. Кулун тутар 20 күнэ – Биэрэк-Үрдэ с. – 9 истээччи.
4. Кулун тутар 20 күнэ – Өймөкөөн нэһилиэгэ – 31 истээччи.
5. Кулун тутар 21 күнэ – Үчүгэй нэһилиэгэ – 58 истээччи.
6. Кулун тутар 22 күнэ – Төрүт нэһилиэгэ – 100 истээччи.
7. Кулун тутар 23 күнэ – Усть-Нера бөһүөлэгэ – 55 истээччи.
Түгэнинэн туһанан, Юрий БОРИСОВ: «Туох ханнык иннинэ бырайыак координаторыгар, Өймөкөөн улууһун култуураҕа уонна туризм сайдыытыгар салалтатын салайааччытыгар Аксинья Семеновна Сивцеваҕа махтал киэнин маанылааҕын этиэхпин баҕарабын. Аксинья Семеновна туох баар тэрээһин боппуруостарын үрдүк таһымнаахтык быһаарда. Сылаас, сымнаҕас оронуттан саҕалаан, сылаас, минньигэс аһыгар тиийэ. Итини тэҥэ, махтаныахпын баҕарабын айаным аргыһыгар, аҕа саастаах атаспар Николай Иванович Сивцевка. Николай Иванович чахчы уопуттаах суоппар буолан, бары тэрээһин буолуохтаах чааһыгар лоп-бааччы буолла. Өймөкөөн улууһун дьоно-сэргэтэ олус элэккэйдик, сахалыы сайаҕастык көрүстэ. Үгүс истээччи махталын туттум. Түмүктээн эттэххэ, Өймөкөөн улууһун сиригэр-уотугар «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» бырайыак үрдүк таһымнаахтык ааста. Туруоруллубут соруктар толору ситтилэр. Онон билиҥҥи кэмҥэ олоҥхолооһун үгэһэ саха норуотун төрүт идэтин быһыытынан сөргүтүллүөн сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Быйыл сайын XVI Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ыһыаҕын» ыһаары олорор дьон – нэһилиэнньэ киэҥ араҥата олоҥхо туһунан тирэх өйдөбүлү (нуучч.: фоновые знания) толору ылла. Сылдьыбыт нэһилиэктэрим аҕа баһылыктарыгар, кулууп үлэһиттэригэр уонна кулгаах-харах иччитэ буола кэлбит истээччилэрбэр махталым муҥура суох!» - диэн үөрүүнү кытта санаатын үллэстэр.Томтор нэһилиэгэ
Сордоҥноох нэһилиэгэ, Орто-Балаҕан сэлиэнньэтэ
Өймөкөөн нэһилиэгин Биэрэк-Үрдэ сэлиэнньэтэ
Өймөкөөн нэһилиэгэ
Үчүгэй нэһилиэгэ
Төрүт нэһилиэгэ
Усть-Нера бөһүөлэгэ