БИЛИМ

Убаастабыллаах үөрэнээччилэр, устудьуоннар, маҕыстырааннар, аспырааннар, эдэр учуонайдар!

Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ “БИЛИМ” үөрэнээччилэр, устудьуоннар, маҕыстырааннар, аспырааннар, эдэр учуонайдар өрөспүүбүлүкэтээҕи билим кэмпириэнсийэлэрин сыл аайы ыытар.

Буолар күнэ: кулун тутар төрдүс субуотата.

Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, ХИБҮ, Кулаковскай аат. уул., 42, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ.

Кэмпириэнсийэ сыала-соруга:

-          Эдэр ыччаты билим эйгэтигэр угуйуу;

-          Үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга, маҕыстырааннарга, аспырааннарга, эдэр учуонайдарга чинчийэр үлэ үөрүйэҕин иҥэрии;

-          Ийэ тыл билим эйгэтигэр туттуллуутун кэҥэтии;

-          Кэнчээри ыччаты ийэ тылын харыстыырга, таптыырга угуйуу.

Чинчийии сүрүн хайысхалара:

-                Ийэ тылы үөрэтии тирээн турар кыһалҕалара: лиэксикэ, бэниэтикэ, морполуогуйа, сиинтэксис.

-                Хотугу норуоттар тылларын, литэрэтиирэлэрин уонна болкулуордарын чинчийии.

-                Хотугу норуоттар култууралара: төрүт үгэс уонна аныгы кэм.

-                Эдэр ыччат култуура эйгэтигэр.

-                Тылбаас эйгэтигэр саха тылын туттуллуута.

-                Дойду сайдыытыгар уопсастыбаннай билим суолтата.

-                Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туризм уонна сиэрбис сайдыытын кэскилэ.

-                Биисикэ-тиэхиньикэ билимин ситиһиитэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар суолтата.

-                Мэдиссиинэ-биология билимин кыһалҕата уонна кэскилэ.

-                Үөрэх тиһигэр сахалыы үөрэтии ньымаларын туттуу туруга уонна кэскилэ.

-                Ийэ тыл аныгы олоҕу кытта быһаччы ситимэ: Интэриниэт, көмпүүтэр уонна суотабай сибээс эйгэтэ, киинэ уо.д.а.

-                “Мин сахалыы билэбин” саха тылын саҥа үөрэтээччилэрин сиэксийэтэ.

Дакылаат кэмэ-кэрдиитэ:

-          Сүрүн мунньах дакылаата – 10-15 мүнүүтэ

-          Сиэксийэ дакылаата – 5-10 мүнүүтэ

Кыттыы көрүҥэ: истэн уонна кэтэхтэн.

Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн ыстатыйа электроннай хомуурунньуга бэчээттэнэрэ былааннанар.

Ыйытыылаах буоллаххытына, nirsfyfk@mail.ru сурук ыытыҥ эбэтэр Захарова Анна Михайловнаны (89142911475) кытта ситимнэһиэххитин сөп (WhatsApp тиһик үлэлиир).

 

Уважаемые школьники, студенты, магистранты, аспиранты, молодые ученые!

В Институте языков и культуры народов Северо-Востока РФ ежегодно проводит Республиканскую научно-практическую конференцию школьников, студентов, магистрантов, аспирантов, молодых ученых “БИЛИМ”.

Дата проведения: последняя суббота марта.

Место проведения: г. Якутск, СВФУ, ул. Кулаковского, 42, Институт языков и культуры народов Северо-Востока РФ

Цели и задачи конференции:

-          Привлечение молодежи к научной деятельности;

-          Привитие навыков научно-исследовательской работы школьникам, студентам, магистрантам, аспирантам, молодым ученым;

-          Расширение сферы употребления родного языка;

Основные направления конференции:

-          Актуальные проблемы исследования родного языка: лексика, фонетика, морфология, синтаксис.

-          Проблемы изучения фольклора и литератур народов Севера.

-          Культурное наследие народов Севера и современность.

-          Молодежь в пространстве культуры

-          Языки и литературы коренных малочисленных народов Севера в условиях многоязычия.

-          Функционирование родного языка в сфере переводческой деятельности.

-          Роль общественных наук в региональном развитии.

-          Перспективы развития регионального туризма и сервиса.

-          Достижения физико-технических наук в региональном аспекте.

-          Медико-биологические науки: проблемы и перспективы.

-          Современное состояние и перспективы обучения на родном языке в системе образования

-          Родной язык и современные реалии: Интернет, компьютер, сотовая связь, кино и т.д.

-          «Я говорю по-якутски» секция для изучающих якутский язык (начальный этап)

Регламент докладов:

-          Пленарное заседание – 10-15 минут.

-          Секционное выступление – 5-10 минут

Форма участия: очное и заочное.

По результатам конференции планируется издание электронного сборника статей.

По вопросам участия обращайтесь на электронный адрес nirsfyfk@mail.ru или к координатору конференции: Захарова Анна Михайловна (89142911475) (можно WhatsApp).