Новости

Устудьуоннар идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин таллылар

  • 13 Декабря 2018
  • 347

Устудьуоннар идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин таллылар

            Ахсынньы 11 күнүгэр үнүстүүппүт устудьуоннарын идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин быыбара буолла. Бу дуоһунаска бэйэлэрин кандидатураларын иккис кууруһун устудьуоннара Сергей Нафанаилов (ЯО-17), Олег Сергучев (ПО-САО-17) туруоруммуттара.

            Быыбарга М.К.Аммосов аатынан үнүбэрсиэт устудьуоннарын идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ульяна Иванова, устудьуоннар доруобуйаларын тургутар уонна успуорт үлэтигэр бэрэссэдээтэли солбуйааччы Светлана Колодезникова, маассабай-тэрийэр үлэ бэрэссэдээтэлэ Александр Румянцев кытыннылар. Быыбары устудьуоннар социальнай-экономическай өттүнэн харыстабыллаах буолууларын хааччыйар үлэҕэ бэрэссэдээтэли солбуйааччы Андрей Винокуров тэрийэн ыытта.        

            Уопсайа 86 мандат кытынна. Куоластааһын түмүгүнэн Сергей Нафанаилов 60 куолаһы ылан кыайда. Саҥа бэрэссэдээтэл: «Миэхэ куоластаабыт дьоҥҥо улахан махталбын тиэрдэбин. Үнүстүүппүт аатын ааттата, сырдыкка тарда туруом диэн эрэннэрэбин», - диэтэ.

            Ол курдук, устудьуоннар ааттарыттан Сергей Нафанаиловка уопсастыбаннай үлэтигэр, тус олоҕор үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Автор: «Ийэ тыл» пресс-киин

Разрешено копирование статей, только при наличии активной (кликабельной) ссылки на страницу-источник сайта Северо-Восточного федерального университета. Ссылка должна находиться непосредственно рядом с материалом, должна быть видимой и прямой (без использования java-скриптов).