Егомин Спиридон Васильевич

Image Description
(1905 – 1994)
Мин эһэм Спиридон Васильевич Егомин 1905 Өлүөхүмэ улууһугар Кыыллаах Арыыга күн сирин көрбүтэ. Аҕа дойду сэриитигэр 1941 барбыта. 1943 сыллаахха хабыр хапсыһыыга улаханнык бааһырбыта. Онон дойдутугар аҥаар атахтаах инвалид төннөн кэлбитэ. Ол кэлэн дойдутугар араас үлэҕэ аҥаар кырыытыттан үлэлээбитэ. Кэргэннэнэн, 9 оҕону күн сирин көрдөрөн, иитэн-улаатыннаран олус дьоллоох олоҕу олорбута. Кини дьоло оҕолоруттан салҕанара, кини дьоло эйэлээх олохтон тахсара, кини дьоло үлэттэн үрдүүрэ. Кини олоҕун кэрэһилээн кэпсииллэр үгүс элбэх мэдээллэр, наҕараадаалар, грамоталар, махтал суруктар.

Неустроев Михаил Артаньянович
Студент 1 курса КИТ СВФУ. Студгородок ДЭИК, общ. ТИ - 1

Image Description