(1918 – 1948)
Мин хос эһэм 1918 сыллаахха төрөөбүт. 4 кылаас үөрэхтээх буолан сэрии иннинэ холкуоска суотчуттаабыт. 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1945 сыл алтынньы 22 күнүгэр дылы Кавказка 12 нүөмэрдээх байыаннай тимир суолу чөлүгэр түһэрэр «Мострота» диэн батальоҥҥа плотник-мостовик диэн дуоһунаска сылдьыбыт. Эһэм барахсан сэриигэ сылдьан ыараханнык бааһыран 7 ый госпиталга эмтэммит. 1946 сыл ыам ыйыгар Кыайыы өрөгөйүн көрсөн, түөһүгэр бойобуой мэтээллэрдээх эргиллэн кэлбит.
Наҕараадалара: «За Отвагу», «За оборону Кавказа», «За Победу над Германией», «За Победу над Японией», «Знак Гвардии», «За доблестный труд».
Максимов Артем Павлович
Студент 1 курса КИТ СВФУ. Студгородок ДЭИК, общ. ТИ - 1