(1921 – 1979)
Мин хос эһэм 1921 сыллаахха төрөөбүт. 1942 сыллаахха Ытык Күөлтэн сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1943 сыл Харьков куорат анныгар уоттаах сэриигэ кыргыһа сылдьан, сэриилэһэр сэптэрэ бүтэн немецтэргэ билиэн тутуллубуттар. Кини лааҕырга 1945 сыл тохсунньутугар дылы сыппыт. Ол кэнниттэн от ыйын саҥатыгар бэйэлэрин дьонугар босхолонон кэлбиттэр. Билиэн сорун-муҥун барытын билэн, нэһиилэ тыыннаах ордон дойдутугар кэлбитэ. Холкуос араас үлэтигэр, кадровай булчутунан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы үлэлээбитэ.
Сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», Кыайыы 30, 40 сылларынан мэтээллэрдээх, үлэтинэн «Отличник охотничьего промысла» диэн бэлиэлээх.