Сэрии сылларыгар Ньурба улууһун Бордоҥ Маалыкайтан 200 –кэ саамай эдэр, кыанар дьоннор ыҥырыллыбыттара. Мин хос эһэм быраата Николай Ксенофонтович барбыта. Кини Японияны кытары сэриигэ 2548 нүөмэрдээх зенитно-артиллерийскай пуолкаҕа стрелогунан, ефрейторынан сылдьыбыт. 1946 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлэн дойдутугар эҥкилэ суох үлэлээн барбыта. Ол курдук ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, ол кэннэ экономист үөрэхтээх буолан Сунтаардааҕы «Холбос» райпотребсоюзка инструктор ревизорунан үлэлээбит, кэлин Ньурбаҕа экспедиция ОРС сүрүн бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит.
Мин эһэм кэриэтэ киһибитинэн киэн туттабын уонна муҥура суох махтанабын.