Филатов Еремей Еремеевич

Image Description
(1898 – 1979)
1942 сыллаахха Тааттаттан 46 саастаах, холкуос хоһууна, мин хос эһэм, фашисткай халабырдьаттартан өһү-сааһы иэстэһэ барбыта. Молотов куоракка тиийэн 4 ый пехотаҕа үөрэммитэ. Эһэм 1943 сыл алтынньы ыйтан Хотугулуу-арҕааҥҥы фроҥҥа, онтон олунньу ый 1945 сылыгар 2 Прибалтийскай фроҥҥа кыргыспыт. Ити кыргыһыыга тобугар, уллуҥаҕар, төбөтүгэр бааһырыы ылан туран сэриилэспитин иһин «За отвагу» медалынан наҕараадаламмыт.
 1945 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ. Эһэм олус үчүгэй сахалыы кылыһахтаах куоластаах алгыыра, туойара. Кини «Ыһыах алгыһа» диэн тойуга Америкаҕа Кембридж куоракка Гарвард Университетын фондугар харалла сытар.

Филатов Данил Андреевич
Студент 1 курса КИТ СВФУ. Студгородок ДЭИК, общ. ТИ - 1

Image Description