Мин хос эһэм Дмитрий Никитич 1 Күүлэт нэһилиэгэр «Уһун Сээт» Харыйалааҕар төрөөбүт. 1943 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. 2 Украинскай фронт 60-с стрелковай дивизия 180 –с гвардейскай стрелковай полкатыгар пулеметчигынан сэриилэспитэ. Улаханнык бааһыран Одесса, Краснодар куораттар госпиталларыгар эмтэммитэ. 1944 сыллаахха атырдьах ыйыгар 2-с группалаах инвалид буолан дойдутугар эргиллибитэ.
Наҕараадалара: «Килбиэннээх» үлэ мэдээлэ. Орден «Аҕа дойду сэриитин 1 ст», «Слава 3 ст».
Мэдээллэр: «Кыайыы 20 сыла», «За Победу над Германией», «50 лет, 60 лет, 70 лет вооруженных сил СССР», «30 лет Победы ВОВ, 40 лет Победы ВОВ».