Мин хос эһэм Александр Михайлович Дьокуускайга төрөөбүт. Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгэр оскуола сэбиэдиссэйинэн 19 саастааҕар үлэтин саҕалаабыт. 1941 сыллаахха бэбиэскэ тутан , фроҥҥа барбыт. Кини бойобуой суола Беларуссияннан, Карелияннан Германияҕа тиийбит. Ол былаһын тухары разведчик быһыытынан сэриилэспит , стрелок-наводчик буолан өстөөхтөрү кыргыбыт, связист уустук эбээһинэһин толорбут. Итини таһынан ыстаапка суруксуттаабыт.
1945 сыллаахха алтынньы 5 күнүгэр этэҥҥэ сэриини түмүктээн, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллибит. Элбэх мэдээллэр кини түөһүн киэргэтэллэр.